top of page
mukuchubook

Айтыына хоһооно



Дьэ,кырдьык даа, Ахсым соноҕос кэриэтэ, Дохсун тыалынан бурҕайда Дьөһөгөй айыы ыйа, Тыалынан тыбыырда, Тибиитинэн тибийдэ, Хаарынан хаһыйда. Хара тыа маһын, Сахсыйа хамнатта, Үөһээ куйаарга тыынна, Дьүкээбилин оонньотто, Дьигиһиттэ ,дьэргэттэ, Будулутта бурҕатта, Дьөһөгөйүн көрдөрдө, Тыынна,тыбыырда. Сааскыны ыҥыра иҥэрсийдэ. Ол даа иһин иһиттэ айылҕа Икки кирбии тэҥнэстэ, Сырдык кыайда хараҥаны, Күн сардаҥата сылытыа, Дьөһөгөйү уоскутуо, Күммүт тыган күлүмнүө, Сааспыт кэлэн сандаарыа. Ону кытта олох тупсуо Аймалҕаммыт аргыый ааһыа, Эйэлээх олох эргийиэ.

Айтыына.

Кулун тутар, 2023 сыл

41 просмотр0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page