top of page
mukuchubook

Айар үлэҥ сайдан истин

Тохсунньу 13 күнүгэр Мукучуга «Арчы” дьиэтигэр нэһилиэкпит биир киэн туттар киһитэ Валентина Ивановна Кондакова-Айтыына “Олоҕум кэрдиис кэмнэрэ” диэн кинигэтэ сүрэхтэммитэ. Тэрийэр бөлөхтөн нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ Ия Николаевна ыыппыта.

Бастаан Валентина Ивановна арчылааһынытыттан саҕаламмыта. Үрдүк айыылартан дойдуга буола турар байыаннай дьайыы тохтууругар, онно сылдьар биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр, нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ этэҥҥэ олороллоругар көрдөстө, алҕаата. Айтыына үөрэнэн кэлэн билигин бэйэтэ алгысчыт буолла.

Мин Валяны олох кыра эрдэҕиттэн билэбин, ол да кэмнэргэ атын оҕолортон туох эрэ уратытылааҕа. Айылҕаны олус сөбүлүүр, кинини кытта алтыһар курдук. Кэлин улааппытын, үлэһит буолбутун кэннэ бииргэ үлэлээн, сайын сир аһын хомуйан элбэхтик алтыһааччыбыт. Хоһооннорун, кэпсээннэрин суруйан баран өр бэчээккэ биэрбэккэ сылдьыбыта, ону таһаар диэн хаайар этим. Бу кинигэтэ тахсыбытыгар олус үөрбүтүм.

Ийэтэ да, аҕата да «Мукучу” совхоз төһүү үлэһиттэрэ этилэр. Валентина олус эйэҕэс, холку майгылаах. Айылҕа биэрбит талаанын таба тайанан алгысчыт, айар үлэһит быһыытынан өссө да сайдан, саҥаттан саҥа айымньылары айан иһэригэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кини алгыһа тиийэн күүс-көмө буоларыгар баҕарабын.


Егорова М.Г.,

Кэбээйи улууһун,

Мукучу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо,

үлэ ветерана

23.1.2024 сыл




123 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page