Саха сиригэр эбии үөрэхтээһин сыла
Социальнай партнерства
Биһиги ааҕааччыларбыт, спорт эйгэлээх, куттаах - сүрдээх эдэр ыччаттарбыт ситиһиилэринэн, дьаныардаах дьарыктарын үтүө түмүктэринэн үөрдэллэр.
Эдэр спортсменнар Насим Иванов - Мукучу гимназиятын үөрэнээччитэ, Владислав Левчиков - ИФКИС физкультурнай салаатын 1 куурсун студена бэс ыйын 2 - 3 күннэригэр Хорватияҕа Фажана куоракка кумахха тустууга кытыннылар. Саха сириттэн уопсайа 7 буолан барбыттара. Насим Иванов оскуола саастаах оҕолорго 4 миэстэҕэ тиксэн, Владислав Левчиков аан дойду таһымнаах чемпион буолан бар дьоннорун үөртүлэр.
Владислав ийэтэ Левчикова Марфа Васильевна, Сайылыктааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар тэрилтэ салайааччыта блиц - интервью биэрдэ.
- Марфа Васильевна, эйигин өрөгөйдөөх үөрүүнү үллэстэр сыаллаах санаа атастаһыытыгар ыҥырабын. Владислав хаһааҥҥыттан дьарыктанарый?
- Владик оҕо эрдэҕиттэн, алын кылааска үөрэниэҕиттэн ыла тиһигин быспакка тренеригэр Иванов М. В. дьарыктанар. «Бэдэр» диэн кулууп секциятыгар дьарыктаныытын саҕалаабыта. Бэйэтэ баҕатыйан туран эрчиллэр.
- Тренерин биирдэ да уларыппатаҕа дуо?
- Биирдэ да уларыппатаҕа!
- Бу үрдүк ситиһиилэрин иннигэр туох көрдөрүүлээҕий?
- Улуус, республика таһымнарыгар араас күрэхтэһиилэргэ кыттан 50 - тан тахса мэтээллэрдээх, бу саас маастар нуорматын толорбута.
- Анал усулуобуйа тэрийэр буоллаххыт дии?
- Спортсмен быһыытынан анал танастардаах.
- Туох эмит ураты диетаны тутуһар дуо?
- Диеталаах бөҕө буоллаҕа дии. Натуральнай аһы - үөлү аһыыр. Эти сиир уонна Кэбээйи дьоно буоларбыт быһыытынан балыгы, собону олус сөбүлээн сиир.
- Анал режимнээх дуо?
- 7 чааска турар, 10 - 11 чааска утуйар.
- Спортсмен уолу иитии уратылаах буоллаҕа дии, кини ханнык хааччыстыбаларын тоһоҕолоон этиэҥ этэй?
- Владик тулуурдаах, эппитин толорор, дьулуурдаах, туруоруммут сыалыгар талаһар.
- Сиэри - туому тутуһуу эйгэтиттэн эн санааҕын билиэхпин баҕарабын.
- Сиэри - туому төһө кыалларынан тутуһабыт, саха дьонун сиэринэн алаадьынан тэлгэһэбитин күндүлүүбүт, Владик санаатын ууран туран бэйэтэ алаадьылыыр. Ыраах барар түгэнигэр дойдутун буорун саппыйаҕа уктан барар, ааттаһан - көрдөһөн туран тиийбит сирин күндүлүүр - маанылыыр үгэстээх.
- Владислав бэйэтэ батыһар, сүбэлэтэр хапсаҕайдьыттаах дуо?
- Баар бөҕө буоллаҕа дии: хаан - уруу убайдара, Үөһээ Бүлүүтээҕи дьоммут Айал Лазарев, Семен Федоров буолаллар.
- Бу кыайыыны кимиэхэ, туохха аныыгытый?
- Быйыл эбии үөрэхтээһин сыла, бу үлэлии турар араас куруһуоктар оҕо дьоҕурун кэмигэр таба көрөн сайыннаралларыгар, иитэллэригэр өссө да ситиһиилэри баҕаран туран аныыбыт.
- Эбии үөрэхтээһин оруола диэни ситимнээтэххэ дьарыктанар оҕо, эдэр ыччат уонна тренер сыһыаннарын туһунан санааҕын истиэхпин баҕарабын.
- Тренерэ Михаил Васильевич мэлдьи кэпсэтэр, сүбэлиир, кыайдаҕына эҕэрдэлиир, хоттордоҕуна сыыһаларын ыйан - кэрдэн биэрэр.Түгэнинэн туһанан тренеригэр барҕа махталбын тиэрдэбин.
- Хапсаҕай түһүлгэтигэр спортсмен сыһыана хайдаҕый?
- Владик хоттордоҕуна наһаа санаатын түһэрбэт, салгыы дьарыктанар, кыайдын - кыайбатын көбүөрү таарыйан хайаан да махтанар. Кыайдаҕына, үөрдэҕинэ, сүргэтэ көтөҕүлүннэҕинэ сальтолуур идэлээх.
- Бу бөдөҥ күрэхтэһиигэ хайдах бэлэмнэммитэй?
- Күрэхтэһиигэ барыан иннинэ манна уҥуор кумахтаах сиргэ, онтон Дьокуускайга Мырааҥҥа эрчиллибитэ.
-Хапсаҕайдьыт күрэхтэһэригэр туох ньыманы туттарый?
- Түргэнник толкуйдуур, имигэс...
- Баҕа санааларгыт.
- Түгэнинэн туһанан Иванов Насимҥа, Левчиков Владикка баралларыгар көмөлөспүт, тирэх буолбут дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит: улуустааҕы спорт комитетыгар (Эверстова С. В.), нэһилиэкпит баһылыгар (Сысоева А. И.), өбүгэ төрүт оонньууларын сайыннарар хапсагай түһүлгэтигэр (Иванов М. В.), ТЗЦ «Унаардаахха» (Новиков Е. С.), «Арчы» маҕаһыыныгар (Варламов А. Д.), «Алаас» маҕаһыыныгар (Николаева Т. И.), «Кэнчээри» оҕо саадыгар (Егорова Е. Е.), ИП Дьяконова Т. П., сельпо тэрилтэтигэр (Алексеева Ф. А.), Сайылыктааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар тэрилтэҕэ (профсоюз председателэ Саввинова М. И.), нэһилиэкпит түөлбэлэригэр - «Саһарҕаҕа» (Прокопьева В. Н.), «Муҥур Күөлгэ» (Софронеева Р. А.), «Тиэрбэскэ» (Алексеева Е. М., «Сарыалга» (Саввинова А. А.), «Эрэлгэ» (Кычкина Д. Н.) уонна хаан - уруу аймахтарбытыгар!!!
- Санааҕын үллэстибиккэр махтанабын, спорт эйгэтигэр, тус олоххутугар ситиһиилэри, эдэр спортсменнар кыайыыларынан үөрдэ туруохтара диэн эрэлбитин биллэрэбит.
Им Ия Николаевна, Кэбээйи улууһун
Мукучу модельнай библиотекатын библиотекара, общественнай корреспондент,
“Өбүгэ ситимэ” фольклорнай түмсүү салайааччыта.
Бэс ыйын 12 күнэ, 2016 сыл
Comentarios