Аан дойдутааҕы ырыа күнүгэр,
аҕа саастаах дьон декадатыгар ананар
Биһиги убаастыыр, талааннаах аҕа саастаах ааҕааччыбыт Валентина Иннокентьевна Самсонова мэлдьи олоххо дьулуурдаах, ол ис дьиҥэ «Ырыа - олох аргыһа” диэн тыллар киниэхэ анаммытыттан буолар.
Кини сэһэргиир: “Ырыаны мин олох кыра эрдэхпиттэн ыллыыбын. Оҕонньоттор буочука үөһээ көтөҕөн туруоран ыллаталларын өйдүүбүн. Оччолорго 8 - 9 саастаах эбитим дуу ... Дэриэбинэ уонча дьиэлээх этэ. “Уу долгун айаннаах, Уучах буур көлөлөөх, Ийэккэм уҥуоҕар, Эргиллэн иһэбин» , - диэн тыллардаах ырыаны ыллыырым. Арааһа бэйэлэрэ үөрэппиттэрэ эбитэ дуу?
Аҕам Самсонов Иннокентий Гаврильевич айылҕаттан кылыһахтаах куоластаах этэ. Эдэр сылдьан туойан истэҕинэ дьонноро: “Эйигин кытта абааһы ыллаһар”, - диэннэр бобон кэбиспиттэр. Ийэм Самсонова Матрена Филипповна эмиэ ыллыыра, үксүн үүт эрийэ туран ыллыырын истээччибин. Бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрим бары ыллыыллар этэ да улаханнык сыанаҕа тахсыбат этилэр.
Талааммын таба тайаммыт, ырыаҕа суолбун ыйбыт учууталбар Гоголев Юрий Петровичка махталым муҥура суох. Оскуола кэнниттэн музыкальнай училищеҕа ону кэккэ театр хоругар ыллыырым. 1987 сылтан ыла төрөөбүт дойдубар - Мукучубар төннөн кэлэн оҕолору ырыа кэрэ эйгэтигэр үөрэтэн дьоллоох олох күн бүгүнүгэр диэри салҕана турар ...”
Мэлдьи тулалыыр эйгэҕэ кэрэни тарҕата сылдьар киһибитигэр уһун, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
Им Ия Николаевна,
библиотекарь, суруналыыс
01.10.2022 сыл
Хаартыска кэрэ эйгэ оскуолатын
фондатыттан ылылынна.
Comments