***
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни Аан бастаан эйигин көрбүппүн, Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Санньылҕан аргыстаах айаммар Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр, Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ.
Дьыл-хонук ааспыта ыраны Ыһыахтыыр ытылҕан турбута, Ол иһин эн кэрэ дьүһүнүҥ Ыраатан умнуллан барбыта.
Түҥ тыаҕа уһукка хаайтаран Олоҕум тохтообут курдуга, Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар Айыы да, аанньал да суох этэ.
Мин кутум эмискэ тилиннэ Иккистээн бу курдук долгуйда, Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас Кэрэттэн кэрэҕэ тардыста.
Сүрэхпэр сааскылыы умсулҕан Төнүннэ олоххо ахтылҕан, Үҥүөхпэр күн айыы көһүннэ Тапталтан хараҕым ууланна.
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни Аан бастаан эйигин көрбүппүн, Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Наталья Михалева – Сайа тылбааһа
Ааҕар Мукучу олохтооҕо Жиркова Зинаида Ананьевна
7.6.2023 сыл
Commentaires